Муус устар 27 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ! День образования Республики Саха (Якутия)
Сирэй бүтүүтэ кылгас түргүтүгү ааһаргын умнума. https://konstruktortestov.ru/test-21716?ysclid=lv7j2txoqx633247515
Муус устар 27 күнэ Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах. 1920 сыллаахха П.А.Ойуунускай салайааччылаах анал хамыыһыйа национальнай суверенитекка олоҕурбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр дьылҕатын быһаарар бырайыагы бэлэмнээбитэ. Биир сүрүн көҕүлээччи М.К.Аммосов этэ. Чопчу кини ССКП уонна РСФСР Омуктар дьыалаларыгар норуодунай комиссариатын иннилэригэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.Кини дакылаатыгар олоҕуран, уобаластааҕы баартыйа мунньаҕа автономияны киллэрэр туһунан резолюция ылыммыта. Маны 1921 сыл алтынньытыгар буолбут Саха сиринээҕи өрөбөлүүссүйэ кэмитиэттэрин бастакы сийиэһигэр эмиэ өйөөбүттэрэ.
1922 сыл, муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Президиума Саха Автономиятын туһунан уураах таһаарбыта. Ити сыл бэс ыйыгар П.А. Слепцов — Ойуунускай салайааччылаах бастакы бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
Автономия төрүттэнэригэр ураты оруоллаах И.Н.Барахов 1922 сыл, муус устар ыйыгар хомуньуус баартыйа 10-с сийиэһигэр Саха сирин аатыттан соҕотох куоластыыр бырааптаах кыттыбыта.
1990 сыл, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Суверенитетын туһунан декларация ылыллыбыта.
1991 сыл ахсынньы ыйыгар бастакы бэрэсидьиэнинэн М.Е.Николаев талыллыбыта.
1992 сыл, муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона (Конституцията) күүһүгэр киирбитэ.
Билигин муус устар 27 күнүн Өрөспүүбүлүкэ күнүн быһыытынан билинэбит.