Муниципальное казенное учреждение культуры

Мугудайская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Маралай, ул. Октябрьская, 54

Улуу Өктөөп туһунан өйдөбүл чахчы өлбөөдүйдэ дуо?

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/uluuekteep/

Ааптар:  Василий Никифоров Бөлөххө киир: Telegram Kөrdөө Билиҥҥи аҕа уонна орто саастаах дьон Өктөөп бырааһынньыга дирбийэн-дарбыйан, урукку Сэбиэскэй Сойууһу бүтүннүү хабан киэҥник, бар дьон сүргэтин көтөҕөрдүү өрө күүрүүлээхтик ыытылларын үчүгэйдик өйдүүллэр. Өктөөппүт ол бэйэтэ халандаар бэлиэ даататыттан ылан быраҕыллыбыта, өйдөбүлэ даҕаны сылтан сыл өлбөөрөн, симэлийэн иһэр. Умуннара, тумуннара сатааһын Эргэ стилинэн алтынньы 25 күнүгэр буолбут Улуу Өктөөбүрдээҕи социалистическай өрөбөлүүссүйэни сэтинньи сэттиһигэр бырааһынньыктыыр этибит. Ону баара, бассабыыктар былааһы ылбыттарын норуот өйүттэн-санаатыттан ылан умуннаран кэбиһээри, 1996 сыллаахха Эйэлэһии уонна сөбүлэһии күнүгэр уларыппыттара, онтон 2004 сыл балаҕан ыйыгар Россия религиялар икки ардыларынааҕы сэбиэтэ сэтинньи 4 күнүн бырааһынньык күнүнэн билинэргэ уонна Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн быһыытынан бэлиэтииргэ этии киллэрбитэ.

ти күн (эргэ стилинэн алтынньы 22 күнүгэр) 1612 сыллаахха земскэй ыстаарыста Кузьма Минин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай норуоту түмэн, ополчение тэрийэн, Москваны Польша интервеннэриттэн босхолообуттара. Кинилэр ити кыайыыларыгар Айыы таҥара бэйэтинэн көмөлөстө дии саныыллара. Иван Грознай өлүөҕүттэн саҕаламмыт былаас былдьаһан хайдыһыы, бутуурдаах олох оннун булбута. Устуоруйаттан биллэринэн, ыраахтааҕы Алексей Федорович Романов 1649 сыллаахха Норуот сомоҕолоһуутун күнүн олохтообута Москва босхоломмут күнүн быһыытынан сэбиэскэй былаас буолуор диэри бэлиэтэммит. Өктөөбү солбуйбут сомоҕолоһуу

Оттон билигин норуот ити бырааһынньыгы төһө ылынна? Аҕа саастаах көлүөнэ хара маҥнайгыттан сүөргүлээбитэ, утарсыбыта. Хомуньууһуму тутар туһугар турууласпыт дьиҥнээх хомуньуустар кэккэлэрэ чарааһаатаҕын ахсын Өктөөп өйдөбүлэ өлбөөрөн иһэр. Бэл диэтэр, былырыын Улуу Өктөөбүрдээҕи социалистическай өрөбөлүүссүйэ 100 сыллаах үбүлүөйэ  суолтатыгар эрэ тэриллибитэ. Хата, аныгы  хомуньуустар чөмчөкөлөөхтөрө мэтээл-уордьан бөҕөнү оҥорторон, коммерсаннар курдук атыылаан, лаппа көннүлэр, быыбарга киирсэр үптэрин булуннулар дииллэр. “Норуот сомоҕолоһуута” диэн ааттанар сырдык күҥҥэ нуучча националистара үрдүкү былаастан көҥүл ылан, кыргыылаах баттахтаах ыччаты иннилэригэр уктан  хаамсаллар. “Кыараҕас харахтаахтар, саһархай-хара тириилээхтэр, таһырдьа быгыалаһымаҥ” диэн быраабы араҥаччылыыр уоргаттар үлэлэрин чэпчэтэн, өссө сэрэтэллэр. Ол кэннэ туох сомоҕолоһуута кэлиэй?!. Бэлитиичэскэй эбэтэр атын интэриэстээх бөлөхтөр күүстэрин көрдөрөр-биллэрэр күннэригэр кубулуйда. Оттон боростуой норуот өйдөөбөт, ылыммат. Ону дойду үрдүнэн ыытыллар социологическай ыйытык түмүгэ даҕаны бигэргэтэр: нэһилиэнньэ 60-ча бырыһыана сэтинньи 4 күнүн эбии өрөбүл, сынньалаҥ күнүн эрэ курдук саныыр, ис дьиҥин ырыҥалаан билэ да сатаабат. Оттон сэтинньи 7 күнүгэр Өктөөп бырааһынньыга бэлиэтэнэ сылдьыбытын, чуолаан, кэлиҥҥи сүһүөх дьон умна быһыытыйда. Сахаҕа идэһэ, муҥха дьоро күннэрэ

Айдааннаах-иирсээннээх киин сиртэн тэйиччи олохтоох саха дьоно сэбиэскэй саҕаттан Өктөөп бырааһынньыгын өрөбүллэригэр түбэһиннэрэн, идэһэ сүөһүлэрин-сылгыларын дьаһайан, муҥхалаан, дьылы туоруур астарын булуналлара. Хас саха ыалын дьиэтигэр эмис идэһэ, минньигэс собо сиир дьоро киэһэлэр үүнэллэрэ. Ол үгэс, үөрүөх иһин, бүгүҥҥэ диэри салҕанан барар.

Кыһыл болуоссакка тэриллибит 1941 сыллааҕы Өктөөп параадыттан саллааттар тута Москва көмүскэлигэр туруммуттара Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буоллун, Норуот сомоҕолоһуута буоллун, күнү хайдах даҕаны ааттаатыннар  – эйэлээх олох эрэ эҥээрдэстин. Элбэх норуоттаах Россия ийэ хотуммут сомоҕолостоҕуна эрэ ил-эйэ олохсуйара эрэбил. Онуоха тирэх буолар күүстээх идиэйэ баар буолуохтаах. Улуу Өктөөп уопсастыбаны икки аҥы хайыппыта диэн буруйдууллар эрээри, санааҥ эрэ: Германия сэриитэ Москваны ылаары ыган турдаҕына, Кыһыл болуоссакка сэтинньи сэттис күнүгэр тэриллибит Өктөөп параада сэбиэскэй буойуннары, норуоту хайдах курдук өрө күүрдүбүтэй, кыайыыга кынаттаабытай?! Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/uluuekteep/

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *