“Гороскоп – 2025”
Кэлэр 2025 сылга зодиак бэлиэлэригэр астрологтар тугу сүбэлииллэр эбитий?
Хой
Сыл маҥнайгы аҥаарыгар улахан уларыйыы күүтүллүбэт. Ыам ыйын эргин дьиэ кэргэн, тус олох, карьера боппуруостарыгар сөпкө дьаһаннаххытына таба тайаныаххытын сөп. Доруобуйа чааһыгар хаан баттааһынын уонна ис уорганнаргытын көрүнэ сылдьын диэн астрологтар сүбэлииллэр.
Оҕус
Өр күүппүт нус-хас олоххут дьэ кэлэн эрэр. Сыл иккис уонна үһүс аҥарыгар элбэх харчыны иэс ылартан туттунуҥ. Оҕолоргутун уонна аҕам саастаах дьоҥҥутун кытары элбэх бириэмэни атаарыҥ. Элбэхтик ыраас салгыҥҥа сылдьыҥ. Сыл бүтүүтэ тыынар уорганнаргытын көрүнүҥ, табаахтыыр эбит буоллаххытына акаастанаргыт оруннаах.
Игирэлэр
Олус табыллар сылгыт иһэр. Ону мүччү туттубакка хамсанан хаалыҥ. Тус олоххутун тупсарынарга, дьиэ-уот туттарга, атыылаһарга, үлэ-хамнас өттүгэр күөх уот умайар. Доруобуйаҕыт да чааһыгар барыта этэҥҥэ.
Рак
Рак бэлиэлээхтэргэ элбэх уларыйыылаах сыл. Эрдэ соччото суох диэбит үлэҕититтэн, дьыалаҕатыттан, олорор сиргититтэн хамаҕатык акаастаныаххытын сөп. Уларыйыыга санаммыт буоллаххытына сыл иккис уонна үһүс аҥарыттан эрдэттэн торумнаан дьаһанаргыт ордук. Тапталлааххытыгар элбэх бириэмэтэ анааҥ. Аһара элбэх түбүгү ылынымаҥ – доруобуйаҕытыгар дьайыан сөп.
Хахай
Күүстээх айылгылаах буолан чугас дьоҥҥутугар дурда-хахха, көмө буолар сылгыт. Илиигитин утары уунартан акаастанымаҥ, барыта үтүө өттүнэн кэлиэ. Элбэхтик сир аһыгар сылдьан хаһааста оҥостуҥ. Ол барыта доруобуйаҕыт туруга тупсарыгар көмөлөһүө. Сыл үһүс аҥарыгар арыый да уоскуйуоххут.
Кыыс
Икки сыл супту ааспыт тургутуугут түмүгүнэ дьэ биллэр сыла тосхойбут. Бүтэһик икки сыл хайдах туруктаах, санаалаах-оноолоох, сыһыаннаах сылдьыбыккыт быйыл дьэ биллиэ. Этэҥҥэ эбит буоллаҕына эһигини быйыл үгүс баай-дуол, үлэҕэ үрдээһин, дьиэ-уот күүтэр. Элбэхтик от күөх өҥнөөх оҕуоруот аһылыгын аһааҥ.
Ыйааһын
Сыл бастакы аҥара арыый да долгутуулаах буолуо. Быһаарыныылары тиэтэйбэккэ толкуйдаан ылыныҥ. Бу сыл үөрэҕи баһылыырга табыгастаах. Туохтан да иҥнэн турбакка иннигит диэки баран иһиҥ. Эккитин-хааҥҥытын чэбдигирдэр судургу спорт көрүҥнэринэн дьарыктаныҥ.
Скорпион
Уу-нуурал сыл иһэр. Урукку кыайыыгыт-хотуугут эһигини араҥаччылыыр. Туохтан да куттанымаҥ. Талаан тахсар кэмэ. Бэйэҕитин ускуустубаҕа, спорт көрүҥнэригэр тургутан көрүҥ. Элбэх тумалаах аһылыгы аһаамаҥ.
Охчут
Кыһалҕалаах соҕус сыл. Ордук игирэ бэлиэлээхтэри кытары сыһыаҥҥыт тыҥааһыннаах буолуо. Уган биэрээһиннэргэ киириэххитин сөп. Онон тула өттүгүтүн көрүнэн, наллаан сылдьын. Үп-харчы өттүгэр этэҥҥэ. Сыл бастакы аҥарыгар ыраах айантан туттунуҥ.
Чубуку
Дьиҥнээх тапталгын булар, биитэр эрэллээх доҕоттору көрсөр сылыҥ. Онон түөрт истиэнэни манаабакка араас тэрээһиннэргэ хото сылдьыҥ. Сырдык дьүһүннээх таҥаһы таҥныҥ. Быйыл чуолаан тас көрүҥҥүтүгэр болҕомтону ууруҥ.
Күрүлгэн
Бары өттүнэн үтүө сыл. Эрээри үп-харчы өттүгэр сыл үһүс аҥарыгар болҕомтолоох буол. Дьиэ-уот ис бараанын тупсарыыга табыгастаах кэм. Холкутук сырыт.
Балык
Үлэ өттүгэр этии киирдэҕинэ кэтэмэҕэйдээбэккэ ылсан ис. Түөкүттэргэ киирэн биэрэр куттал баар. Доҕотторгун, аймахтаргын кытары ханна эмит күүлэйдии барарга табыгастаах. Дьиэ кэргэҥҥэр иирсээннэр тахсыахтарын сөп. Бириэмэтигэр сөпкө тайаннаххына этэҥҥэ буолуо. Бу сыл кыракый тургутуктар баар буолуохтара.