Саҥа сылга дьоһун саас дьоро киэһэтэ!
Мугудай нэһилиэгин АҔАМ СААСТААХ ДЬОННОРУГАР тохсунньу 16 күнүгэр Г.Е.Скрябин аатынан «ЭЙГЭ» норуот айымньытын дьиэтигэр «ПЕНСИОНЕРСКАЙ ДЬОРО КИЭҺЭ» буолан ааста.
Эҕэрдэлэр, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, араас оонньуулар ыытылыннылар. «Кини кимий?» диэн сонун таайтарыылаах оонньууну олохтоох библиотека ыыппыта биһирэннэ.




