Платон Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сыла буолла Былатыан Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» кэпсээнин норуот үһүйээнигэр олоҕуран дойду устуоруйатыгар уустук кэмҥэ суруйбута. Айымньы сүрүн доруойдарынан иэгэйэр икки атахтаах эрэйин-муҥун аччатар, урааҥхай саха дьолун-соргутун элбэтэр туһугар буруйга-сэмэҕэ тиксэрин да кэрэйбэт балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, модун санаалаах, дохсун өйдөөх “Улуу Кудаҥса дуо?” дэппит саха саарына уонна киэҥ халлаан киэбин уларытар, […]