Чурапчытааҕы Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Хоту көһөрүллүүгэ аналлаах уруоктары, быыстапкалары, аахсыйалары ыыттылар (Фоторепортаж)

1942-1944 сылларга 41 колхуос Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа… 213-с нүөмэрдээх урусхаллаах уураах… 5318 киһи күүс өттүнэн хоту көһөрүллүүтэ… 2000-тан тахса киһи суорума суолланыыта – БУ МАНЫ БАРЫТЫН ЧУРАПЧЫЛАР, БҮТҮН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа!











Ол ааспыт кэми кэриэстээн, үүнэн иһэр көлүөнэҕэ тириэрдэр, биллэрэр сыалтан, Чурапчытааҕы Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ оскуолаларга “Алдьархай ааҥнаабыт: кэмнэрэ” диэн кэриэстэбил уруоктары ыыттылар, “Оонньооботох оҕо саас” кинигэ быыстапкатын туруордулар уонна нэһилиэк олохтоохторугар “Умнубаппыт…” аахсыйаны тэрийэннэр өйдөбүнньүк илиистэри түҥэттилэр.


























Сэмэн Жендринскэй. Хаартыскалары Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ тиксэрдилэр Чурапчытааҕы Оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Хоту көһөрүллүүгэ аналлаах уруоктары, быыстапкалары, аахсыйалары ыыттылар (Фоторепортаж) — Улус Медиа

